Боескоров Спиридон Ксенофонтович

Боескоров Спиридон Ксенофонтович Өлөөҥҥө 1934 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Сургуулугун нэһилиэгиттэн тутаачччынан үлэлии кэлбитэ. Кини оройуону тэрийиигэ  актыыбынай кыттыыны ылбыта. 1947 сыллаахха кини суруйан хаалларбыт Өлөөн оройуонун устуоруйатын, экэниэмикэтин тустарынан летопиһы суруйан хаалларбыта улахан өйдөбүнньүк буолбута.

Өлөөн олохтоохторун көрдөһүүлэринэн 1967 сыллаахха  урукку Колхознай уулуссаҕа Спиридон Ксенофонтович Боескоров  аата иҥэриллибитэ. Быйыл муус устар 24-25 күннэригэр Өлөөн эбэнки национальнай оройуонугар бастакы суруксут Спиридон Ксенофонтович Боескоров үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах бастакытын Боескоровскай дьыктаан ыытыллыбыта. 

Оройуону  төрүттээбит биир чулуу киһилэригэр   Спиридон Ксенофонтович  Боескоров төрөөбүтэ 120 сылын туолар үөрүүлээх тэрээһиннэр чэрчилэринэн Өлөөн сэлиэнньэтигэр Спиридон Боескоров аатынан уулуссаҕа тутуллубут бастакы саҥа үс этээстээх, толору хааччыллыылаах таас дьиэлэр тэлгэһэлэригэр Боескоров С.К.  бүүһүн арыйдылар

Сиэн кыыһа Эльвира Владимировна Яковлева “Боескоров Спиридон Ксенофонтович” кинигэтин сүрэхтээтэ.

.