Памятные места

Уос номоҕор киирбит биһиги биир дойдулаахпыт, Сургуулук бастакы комсомолеһа, Василий Долгунов кылгас да буоллар сырдык, чаҕылхай олоҕо хаһан да умнуллубат, умнуллуо да суоҕа. 20-с сыллардаахха бастакы комсмолец үлэтэ ыарахан, эппиэттээх этэ. Билигин Сургуулукка ытык кырдьаҕастар Василийы өйдүүллэр, элбэхтик кини туһунан сэһэргииллэр.

Ол курдук Тарасов Кирилл Андреевич кэпсээнинэн: «Василий бэрт дьадаҥы ыал кэргэҥҥэ 1904 сыллаахха «Салакайдаах» диэн сиргэ төрөөбүт. Кини бииргэ төрөөбүт убайа Степан, Василий Долгунов Далыр оскуолатыгар үөрэммит уонна онно комсомол кэккэтигэр киирбит. Нэһилиэк маҥнайгы комсомолеһа эдэр Советскай былаас бөҕөргүүрүн туһугар көмөлөспүтүнэн барбыта. Василийга үксүгэр сэбиэттии сылдьыбыт аҕата  Яков сүбэлиир, көмөлөһөр эбит. Маны таһынааҕы кулаакка барбыт ыаллара сөбүлээбэтэхтэр уонна бу Долгуновтары өлөрдөхтөрүнэ урукку баай-тот олохторо эргиллиэн курдук санаан, иэс иэстэһэргэ туруммуттара».

МААППА ӨТӨҔӨ

Бөһүөлэк кииннэнэн олохсуйбут Баҕадьа эбэҕэ соҕуруу куулатын кырдалыгар кэлиҥҥи үйэ аҥаарын устатыгар кураанахсыйан-иччитийэн, “Мааппа өтөҕө” диэн ааттанан турар Бойуоска Силиппиэн түөрэҕин түһэрбит олох сириттэн ситэн-сириэдийэн тахсыбыт бырааттыы ученай Самсоновтар ийэлэринээн олорбуттара.

 Марфа Ксенофонтовна бииргэ төрөөбүт убайа Спиридон Ксенофонтович Боескоров оскуола суох кэмигэр бэйэтин үтүө дьулуурунан ааҕар-суруйар үөрэхтэммит, Өлөөҥҥө сэбиэскэй былааһы туругурдуспут, холкуос уонна нэһилиэк, оройуон Сэбиэтин салалтатыгар бэриниилээхтик үлэлээбит улахан үтүөлээх киһи. Оччугуй уол Гаврил Ксенофонтович Боескоров-Сургуулуктан бастакы учуонай, филология наукатын кандидата, биллиилээх литературовед, П.А.Ойуунускай аатынан литертурнай бириэмийэ лауреата.

Марфа Ксенофонтовна уолаттара: Иван Семенович Благовещенскайдааҕы медицинскай институту бүтэрэн хирург идэтин ылар.  1964 -1974 сс.диэри республиканскай балыаһаҕа хирургическай отделениеҕа сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Бу сылларга 100 тахса киһини хирург идэтигэр уһуйар. 1974 с. “Альвеакоккоз и эхинококкос у детей и подростков в Якутии” диэн темаҕа диссертация көмүскүүр. Хирург быһыытынан 27 сыл үлэлээн барыта 16 тыһ. киһиэхэ операция оҥорон тыыннарын уһаппыта.

Илья Семенович Самсонов сахалартан бастакы Антарктическай экспедиция кыттыылааҕа, физико-математическай наука кандидата.

Быраата Юрий Семенович Самсонов физика-математическай наука, физик идэлээх этэ

Төрдүс уол Владимир Семенович Самсонов Хоро нэһилиэгэр олорбута, тыа ыалын быһыытынан сүөһүлээх-астаах, булдунан дьарыктанара.

1885 СЫЛЛААҔЫ ТУТУУ.

ДЬҮӨЛЭКЭЭН

Сургуулук үһүйээҥҥэ кытаанахтык киирбит киһитинэн буолар Дьүөлэкээн диэн ааттаах 18-с үйэ бүтэһигэр бу сиргэ кэлбит киһи буолар. Бу тыл тоҥустуута «куобах» диэн тылбаастанар. Онон Дьүөлэкээни сахатыйбыт тоҥус киһитэ эбитэ буолуо диэн сабаҕалыахха сөп.  Кини хоһууна бэрт буолан бэйэтин бэркэ кыанан олорбут. Киниттэн биэс уол төрөөбүт. Олор тымырдара-сыдьааннара улаханнык тэнийэн, ууһаан, Дьүөлэкээн аҕа ууһун төрүттээбит. Сургуулук дьонун бүттүүнүн ытык сирэ үөскээбит. Сургуулук атын аҕаларын уустарын торүттээбит дьонунан Бүктүкү, Ыстаары уонна Аркыым буолбуттар.

200 сыллааҕы тутуу. Дьүөлэкээн уҥуоҕа.

Харчылаах Мэхээлэ дьиэтэ.

1940-1941 сс. үөрэх дьылыгар нэһилиэк киинэ Сталин аатынан холкуос киинигэр, Садыҥҥа көспүтэ. Архипов Михаил (Харчылаах Мэхээлэ) дьиэтин атыылаһан оскуолаҕа биэрбиттэрэ. 1946 сыллаахха оскуолаҕа биир кылааһы аһан улаатыннарбыттара.

Үрдүккэ көтүтэр үөрэхпит кыһата.- Дьокуускай: Бичик, 2005.-144 с.