Олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ!

  

«ТЫЛ ТЫЫНА НОРУОККА, НОРУОТ КЭСКИЛЭ ЫЧЧАККА» ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ СУРУК-БИЧИК КҮНҮГЭР АНАЛЛААХ ТЭРЭЭҺИН

Олунньу 13 күнэ— сахалартан бастакы тыл үөрэхтээх учуонай, уhулуччулаах сырдатааччы, саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи, сахалыы тылынан бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут, бэчээттэтэн таһаарбыт Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президиэнин Ыйааҕынан сылын аайы бу күн Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ бэлиэтэнэр. Араас үөрэх кыһаларыгар, библиотекаларга төрөөбүт тылга аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. 

Сомоҕо домоҕун тылларын таайыҥ!