Боескоров Гавриил Ксенофонтович төрөөбүтэ 110 сыллаах өрөгөйүн бэлиэтиир тэрээһин.

Бүгүн О.Д.Федорова аатынан киин бибилитиэкэҕэ саха бастакы литературовед учуонайдарыттан биирдэстэрэ, саха литературатын сайдыытыгар сүҥкэн оруолу ылар Сургуулуктан төрүттээх биир дойдулаахпыт Гавриил Ксенофонтович Боескоров төрөөбүтэ 110 сыллаах өрөгөйүн бэлиэтиир тэрээһин буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай куораттан Гавриил Ксенофонтович уола биология билимин дуоктара Геннадий Гаврилович, Өлөөнтөн Гавриил Ксенофонтович бииргэ төрөөбүт убайа Спиридон Ксенофонтович сиэнэ Эльвира Яковлева- Бятинская, хаан уруу аймаҕа журналист Никифоров Василий Михайлович куйаар ситиминэн быһа холбоннулар. Улуус кииниттэн, Сургуулуктан Боескоровтар аймахтара, сыдьааннара кыттыыны ыллылар. Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта Сургуулуктар киэн туттар киһибит, устуоруйа билимин дуоктара Н.Д.Архипов.

Хаартысканы баттаан көрүҥ