Ийэлэр күннэрэ

Саха литературатыгар Ийэ уобараһын айбатах, төрөппүт ийэтигэр айымньытын анаабатах суруйааччы суоҕа буолуо. Ол курдук бу күн “Ийэ уобараһа саха литературатыгар” диэн библиотекарь Л.Ф.Никифорова кэлбит ийэлэргэ тургутук, кулууп дириэктэрэ А.П.Золотарева кыра мөһөөччүк тигиитигэр мастер -класс ыытта. Кулууп үлэһиттэрэ эҕэрдэ ырыаларын, Надежда Николаевна бэрт көрдөөх оонньуулары ыытан бары да үөрдүбүт-көттүбүт. Кыайыылаахтар сэмэй бэлэхтэри туттулар.