
Гражданскай сэрии биһиги Сахабыт сирин эмиэ таарыйбыта.Кыа хаан тохтуулаах дойду иһинээҕи сэрии Үөһээ Бүлүүбүт оройуонун, төрөөбүт нэһилиэкпит Сургуулугу эмиэ таарыйбыта.Биһиги эһэлэрбит,эбэлэрбит сэбиэскэй былааһы көмүскээн, баайдары утары саа-саадах тутан охсуспуттара.Уос номоҕор киирбит биир дойдулаахпыт, Сургуулук бастакы хомсомуола Василий Долгунов кылгас да буоллар сырдык, чаҕылхай олоҕо хаһан да умнуллубат, умнуллуо да суоҕа.
Биһиги Сургуулукпут бастакы комсомолеһыгар Василийга уонна кини аҕата ревкомовец Яков Долгуновтары кэриэстээн 2024 сыллаахха Ыйылас Саркаалатыгар пааматынньыгы биир дойдулаахтарбыт Виктор Михайлович Никифоров, Егор Васильевич Максимов уонна Иван Иванович Ксенофонтов туруорбуттара.