
“Кинигэчээн” куруһуок оҕолоругар “Кинигэ туһунан кинигэ” Анастасия Егорова оҕолорго анаан суруйбут дьоҕус кинигэтигэр өбүгэлэрбит хайдах кинигэлээх этилэрий, кумааҕыны ким айбытай, кинигэни ааҕар туох туһалааҕый диэн боппуруостарга хоруйдуур бэрт интэриэһинэйдик суруйбутун билистибит. Түмүккэ оҕолорго өйдөөбүттэрин бигэргэтэр курдук биктэриинэ ыытылынна. Оҕолор судургутук боппуруостарга эппиэттээн кинигэ ис хоһоонун өйдөөбүттэрин биллибит.Кыайыылаахтарга сэмэй бириис туттарылынна.
Кинигэ – киһи аймах муспут билиитин хомуйар, уруккуну харайар УЛУУ МАЛ.