“Мир профессий” куруһуок

“Мир профессий” куруһуокка Сургуулук нэһилиэгэр үтүө суобастаахтык бэтэринээринэн үлэлээбит Антонина Ильинична Огочонова ыалдьыттаата.
Кини 90-с сыллартан үлэлиир уопуттаах ветеринар. Кини үөрэҕин бүтэриэҕиттэн бэриниилээхтик, илиитин араарбакка үлэлээбитэ, билигин пенсияҕа тахсан сынньалаҥҥа олорор. Антонина Ильинична бэйэтэ көрсүө-сэмэй буолан эдэр исписэлиистэри эрдэттэн бэйэтин эйгэтигэр киллэрбитэ, тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьан үөрэтэн –такайан бэйэтин кэннигэр хаалларбыта. Эдэр үлэһиттэригэр күн бүгүнүгэр диэри сүбэлээн-амалаан, опытыттан атастаһа олорор. Антонина Ильиничнаҕа махтанабыт!