
“Дьыл оройо- кыстык кэмэ” диэн ааттаах тэрээһиммитигэр оҕолорго анаан библиотекарь Лидия Федоровна слайданан Дьыл оройо туох диэн өйдөбүллээҕин туһунан кэпсээтэ, кулууп дириэктэрэ Аяна Петровна садаача суоттатта, кулууп исписийэлииһэ Надежда Николаевна өбүгэ оонньууларыттан оонньотто. Бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста, оҕолор да элбэҕи билэн бардылар.