Олунньу 10 күнэ — Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммит күнэ.

Бу бэлиэ күҥҥэ оскуола оҕолоругар “Төрөөбүт улуускун төһө билэҕин?” диэн ааттаах тургутук ыыттыбыт. Тэрээһин сыалынан төрөөбүт дойдуга, түөлбэҕэ тапталы, киэн туттууну иҥэрии буолар. Биктэриинэҕэ оҕолор төрөөбүт улуустарын историятын , хоһоонньуттарын уо.д.а. атын боппуруостарга эппиэттээтилэр. Ийэ дойдуларыгар бэриниилээх, үтүө дьон буола тахсалларыгар бүгүҥҥү тэрээһиммит туһуланна.