Улахан учуонай Боескоров Г. К. кинигэтин биһирэмэ.

Олунньу 13 күнүгэр, төрөөбүт тыл, сурук- бичик күнүгэр, күнүс 3 чаастан, Үөһээ Бүлүүтээҕи
О. Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа Саха сирин бастакы учуонайдарыттан биирдэстэрэ, П. А. Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреата, тыл билимин хандьыдаата, Сургуулуктан тахсыбыт учуонайдарга наука суолун бастакынан тэлбит Гаврил Ксенофонтович Боескоров төрөөбүтэ 110 сылын көрсө тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Бу улахан, научнай үлэни оҥорбут кинигэ ааптара Сургуулуктааҕы модельнай бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Лидия Федоровна Никифорова. Научнай редактор- филологическай билим дуоктара
В. Б. Окорокова.
https://vk.ru/wall-212379373_161