
Дария Васильевна Тарасова кинигэтин сүрэхтэниитэ үрдүк таһымнаахтык уонна олус истиҥник буолан ааспытынан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!

Бу тэрээһин саамай ураты уонна кэрэ чааһынан кинигэ быыстапката буолбут. Автор араас сылларга суруйбут сценарийдара, оскуолаҕа уонна нэһилиэккэ ыыппыт үлэлэрин матырыйааллара уонна тэрээһин сырдык түгэннэрин үйэтиппит хаартыскалар быыстапканы уратытык киэргэппиттэр, кэлбит ыалдьыттарга Дария Васильевна баай айар суолун толору арыйан көрдөрбүттэр. Саха үөрэҕириитин туйгуна, бэтэрээн учуутал үлэтэ итинник дьоҥҥо-сэргэҕэ тахсыбыта — кэлэр көлүөнэҕэ улахан холобур буолар.