Дапсы дьыктаана-2026

Сургуулук бибилитиэкэтигэр сэтинньи 6 күнэ- «БИҺИРЭМ ТЫЛ күнэ». Төрөөбүт Иҋэ тылбыт хараанньыта, сэрии сылын оҕото, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнүгэр, төрдүс төгүлүн ыытыллар «Дапсы дьыктаана» буолан ааста.

Быйыл төрдүс төгүлүн ыытыллар «Дапсы дьыктааныгар» биһиги нэһилиэктэн 5 киһи кытынна, ийэ тылларын төһө билэллэрин тургутан көрдүлэр. Саамай саастаах суруксут – Александра Даниловна Максимова. Кыттааччыларга «Туйгун суруксут» уонна «Үчүгэй суруксут» диэн аат иҥэрилиннэ.