ЫЙЫТЫЫ: БУ КИНИГЭНИ ААҔАН БАРАН, ҮГҮСТЭР ХОТУ ДИЭКИ БАСТАНАН УТУЙАР БУОЛА СЫЛДЬЫБЫТТАРА, СОРОХТОР БЭЛ ДЬИЭЛЭРИН КӨТҮРЭ-КӨТҮРЭ ХОТУ ДИЭКИ БАСТАНАЛЛАРА ДИЭН КЭПСЭЭН ЭМИЭ БААРА. КИМ ДИЭН ААТТААХ КИНИГЭНИЙ?

Угаров Гавриил Спиридонович — биология билимин дуоктара, суруйааччы, айааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1991), Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ (1999), норуот үөрэҕириитин туйгуна.
1940 сыллаахха ахсынньы 21 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Сургуулук сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. СГУ биолого-географическай факультетын, ССРС билимин Академиятын Сибиирдээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы филиалын аспирантуратын бүтэрбитэ. Г. С. Угаров фантастическай тиэмэҕэ “Өлүктүйбүт антенналар”, “Долбор сулуһа”, “Ыйы сиэбит уол”, “Эhээ Дьыл уонна кини сиэнэ Хаарчаана” кинигэлэри суруйбута.

Өлүктүйбүт антенналар : (научнайфантастическай сэһэн) / Гавриил Угаров. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1985. – 142,[1] с. ; 21 см.



Долбор сулуһа : научнай фантастическай сэһэн, кэпсээннэр / Гавриил Угаров ; [А. Л. Соргоева уруһуйдара]. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1981. – 150, [2] с. : ил. ; 16 см.