«Олоҥхо дьыктаана — 2024»

Олоҥхо саха норуотун тылынан уус–уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньыта буолар. Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи Федеральнай университет, Олоҥхону чинчийэр научнай институт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотеката, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Олоҥхо ассоциацията I Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дьыктаана” диэн аахсыйаны биллэрдэ. Аахсыйа сыала сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы уонна олоҥхо баай тылынан-өһүнэн билиини-көрүүнү кэҥэтии буолар.

Дьыктааны быраатты Бойуоскараптар ааттарын орто оскуола үөрэх салаатын завуһа Ксенофонтова Л.А. аахта. Ааҕыллар тиэкис П.А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан быһа тардыы. Дьыктааны киин библиотека көхтөөх ааҕааччылара суруйдулар.

Кэлэн кыттыыны ылбыт ааҕааччыларбытыгар барыларыгар туоһу сурук туттардыбыт.