
Гавриил Боескоров
Алексей Кулаковскай курдук киһиннэн ханнык баҕарар норуот киэн туттуон сөп!
Ити саарабыла суохтук, бигэтик этиллибит тыллартан сүргэм көтөҕүллэн ыарахан халҕаннаах дьиэттэн таҕыстым.
Бу Москваҕа, Эргэ болуоссакка, биэрэстэнэн эргимтэлээх кыбартаалы бүтүннүүтүн кэриэтэ сабардаабыт, сир-халлаан сиҥнэһиннэҕинэ даҕаны тулхадьыйыа суохха айылаах ыар-нүһэр, дьиппиэн дьиэ-Сэбиэскэй Сойуус Коммунистическай партиятын Киин Кэмитиэтин дьиэтин халҕана.
Саха литературатын бастакы үс классиктарын реакционнай, националистическай суруйааччыларынан биллэрэн, аны хаһан да күөрэйбэттэрин курдук гына “история бөх кутар умуһаҕар кутуохха” диэн булгуччу толоруллуохтаах ыйыылар, дьаһаллар, уураахтар бүүс-бүтүннүүлэрэ бу дьиэҕэ үлэлиир, уу харахтааҕы утары көрдөрбөт үрдүк суут аатыттан оҥоһуллуллара. Оттон билигин “ … ханнык баҕарар норуот киэн туттуон сөп!”.
Сааскы чэмэлкэй күн Москва тигинии-ньиргийэ ахан турар.
Үөрэ-көтө хааман иһэн. Итинник сыанабыл олохсуйарын туһугар унньуктаах уһун мөккүөр уотугар умайбыт ыраах-чугас дьоммун санаан кэллим. Олор быыстарыгар аҕыйах сыллааҕыта олохтон туораабыт Гавриил Ксенофонтович Боескоровы. Филологическай наука хандьытаатын. Тыл, литература уонна история институтун старшай научнай үлэһитин.
Сэрии иннинэ кубаҕай кэтит сирэйдээх. Киппэ көҕүстээх устудьуон уолу педагогическай институтка көрөрүм. Көрөрүм -бодоруспатаҕым.кэлин, уонтан тахса сыл дойдутугар учууталлаан кэлэн, 50-нус сыллар саҥаларын саҕана аспирантураҕа үөрэнэ сырыттаҕына чугаһаспыппыт.
Биһиги төрөөбүт норуоппут, литературабыт, кинилэр инники дьылҕаларын тустарынан итийэн-кутуйан сэһэргэһэрбит. Кини барытын сүрэҕэр чугастык ылынара. Дьүүллээһиннэрэ туруору, дьэҥкэ, иэрэҥнээһинэ суох этилэр. Биитэр сөбүлүүрэ, биитэр сирэрэ. Олохсуйбут санаатын, төһө да киһи ылыннаҕына эрэ сатаныахха айылаах суолларынан түөрэлдьиппитиҥ иһин, дэбигис уларыта охсубат идэлээҕэ. Мөккүстэҕинэ, этэрин аахсыбатаххына, ардыгар кыыһыран бырдьыгынаан да кэлэрэ.
Г.К.Боескоров 20 тахса сыл устатыгар саха литературатын чинчийиигэ дьаныардаахтык үлэлээбитэ. Кини “Саха уус- уран литературата Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар”, “Саха сэбиэскэй литературатыгар проза жанрдарын сайдыылара”, “Н.Д.Неустроев”, “Саха прозатыгар сюжет уонна композиция боппуруостара”, “Н.Е.Мординов маастарыстыбата” диэн үлэлэрэ биһиги литературоведениебыт кэнники кэмнээҕи улахан ситиһиилэрин ахсааныгар киирсэллэр.
Биһиги билиҥҥи литератураны чиничйээчилэрбит сүрүн итэҕэстэринэн айымньы тиэмэтин, биһирэмнээх,омсолоох персонажтарын, бэркэ муҥутаан, ханнык суруйуу туох чахчыларга олоҕурбутун, прототиптарга эридьиэстээһининэн эрэ муҥурданаллара буолар. Итиниэхэ, дьиҥэр, улахан билии да, күттүөннээх чинчийэр дьоҕур да эрийиллибэт. Ол эрээри маныаха кинилэри хомнуу саныыр да сатамньыта суохха дылы:үчүгэй литературоведческай үлэни суруйуохтарын бэйэлэрэ да кимнээҕэр ордук баҕараллара буолуо ээ, ону таһым намыһаҕын, кыах кыратын хайыахтарай.
Бу өттүнэн ыллахха, Гавриил Боескоров чахчы улахан чинчийэр дьоҕурдааҕа. Кини суруйааччы айар лабораториятыгар өтөн киирэргэ, айымньы уус-уран кэрэтин, күүһүн, ол хайдах ситиһиллэр “кистэлэҥин” арыйарга кыһаллара. Ол иһин кини үлэлэрэ суолталарын хойутун хойут да сүтэриэхтэрэ суоҕа.
Гавриил Ксенофонтович билиҥҥи саха сэбиэскэй литературатын чинчийиигэ кэмэ суох үгүс күүһүн-сыратын биэрбитэ. Ити эрээри кини чэгиэн бэйэтин тэмтэриппит, өлүөр бэйэтин үгдэриппит суолунан саха өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи литературнай нэһилиэстибэтин былаҕайтан быыһыыр туһугар унньуктаах уһун охсуһуу буолар. Сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэтэ тыл этэн, ыстатыйа суруйан буолбатах. Хас эмэ уонунан сылы быһа күнтэн-күн Кулаковскайдааҕы холуннарары, үөҕэри таптыыр “дьарык” оҥостубут “учуонай” көкөттөрү кытта күрэстэһии, кинилэр тохтоло суох кулгуйар сидьиҥ дьэбэрэлэриттэн ыраастана сатааһын. Хомойуох иһин, Гавриил Ксенофонтович үлэлиир институтугар ол саҕана итинник дьон күөнтээн олороллоро. Кырдьык да, ханнык да чэгиэн доруобуйалаах киһи өр кыайан тулуйбат үлүгэрэ этэ.
Аата-ахсаана суох үгүс хабыр хапсыһыылартан киҥэ -наара алдьанан, кыыһыран-тымтан, сүһүөҕэр нэһиилэ уйуттар иэҕэҥнэҕэс буолан саас, сайын, күһүн сайылыгар тахсарын (биһиги ыаллыы олорорбут) мин үгүстүк көрбүтүм. Хас күрэстэһиилээх мунньах кэнниттэнкубаҕай сирэйэ онон -манан кыһыл чуоҕурданан, икки окумалыгар бырдьыгынас ымынах бөҕө саба бачыгыраан тахсара. Ону ол диэбэккэ, аныгыс сырыыга эмиэ харса суох харсыспытынан барара.
Айаҕалыы сатаан, кэргэнэ Анна Герсимовна барахсан, намыын, холку нуучча дьахтара, ааттаһара:
-Ганя, тугу да туойдуннар кыһаллыма…
– Хайдах “кыһаллыма?!”- киһитэ быыппаста түһэрэ.- Биһиги кыһаллыбатахпытына, ким кыһаллыай? Оччоҕо литературабытын бүтүннүүтүн, онтон норуоппутун бүтүннүүтүн омугумсахтар оҥорботтор үһү дуо?
– Тыыннаах сылдьар туһа диэн эмиэ баар..
– Көрөн туран көмтөрүөх кэриэтин..
Гавриил Ксенофонтович доруобуйата көстө мөлтөөн испитэ.
- Бары-барыта этэҥҥэ ааһыа диэн эрэмньилээҕим буоллар, төрөөбүт Бүлүүм биир саамай чаҕылхай бүгүрү алааһыгар, балаҕан туттан, уу чуумпутук олорбут киһи баар ини…- диэмэхтиирэ кини ардыгар, ордук иэдэйэ илистибит кэмигэр.
Мин институкка буолбут биир тиһэх айдааннаах мунньаҕы өйдүүбүн. А.Е.Кулаковскай 1978 сыллаахха тахсыбыт “Ырыа-хоһоон” диэн кинигэтин бэчээккэ хайдах бэлэмниири дьүүллээһии этэ.
Ити сарсыарда Гавриил Ксенофонтович дьиэтиттэн миэхэ түлүппүөннээбитэ:
- Кэлэр инигин? Мин “Ойуун түүлүн” туһунан уһун соҕустук сиһилии тыл этэр санаалаахпын.
Мунньахха улахан мөккүөр, сэрэйбит курдук, “Ойуун түүлүн” тула күөдьүйбүтэ. Поэма 1925 сыллаахха аан бастаан сахалыы бэчээттэнэригэр биир кэрчигэ, айымньы ис хоһоонун букатын кэһэн, ортоку киирэн хаалбыт этэ. Кэлин, 1977 сыллаахха, Москваҕа нууччалыы ьтылбаастанан тахсарыгар ол кэрчиги ис хоһоонунан сөп түбэһэр сиригэр, поэма бүиэһигэр, сыҕарытан биэрбиттэрэ.
Нуучча поэттарын, кириитиктэрин, Москва издательствотын үлэһиттэрин көмөлөрүнэн айымньы ис хоһооно булкуллубута көннө диэн үөрүөххэ, махтаныахха сөп этэ. Ону баара биһиги дьоммут, муҥар, үтүө дьыалаҕа үөрэ, махтана сылдьаллар ээ! Дьэ хата атыыр айдааны тардыбаттар дуо! Саамай сүрүн аргуменнара- поэма бастакы бэчээттэниитин Кулаковскай бээтэ кэтээн көрөн, корректуратын бэйэтэ ааҕан таһаарбыта диэн. Ону Алексей Елисеевич ити кэмҥэ хайа күн ханна сылдьыбытын, хаһан ханнык кумааҕыга илии баттаабытын таблица оҥорон “дакаастаатылар”. Дьолго, арыый хойутуу поэт 1925 сыллаахха бэчээттэммит кинигэтин бэйэтэ көрөн таһаарбатаҕын кэрэһэлиир докумуон көстөн абырыыр.
Ити мунньахтыырбыт саҕана ол докумуон суоҕа. Онон институт үгүс үлэһиттэрэ “Ойуун түүлүн” нууччалыы тылбааһыгар ахтыллыбыт кэрчик ис хоһоонунан сөп түбэһэр сиригэр бэчээттэммитэ “бассыыбайдааһын” буоларын, поэма сэбиэскэйи утары, националистическай номоҕун ааҕааччыттан кистии сатааһын буоларын “саралаан” кэрээнэ суох куолу бөҕөнү түһэрбиттэрэ.
Ол ахсын Гавриил Ксенофонтович сирэйэ эмиэ кыһыл чуоҕурданан эрэрин дьиксинэ көрбүтүм.
Мин, А.Е.Кулаковскай кинигэтин бэчээккэ бэлэмниир хамыыһыйа чилиэнин быһыытынан мунньахха хайаан да сылдьыахтаах да буолларбын, бу кэр-дьэбэр кэпсэтиини тулуйан истибэккэбин, “тахсан баран хааллахпына, буруйа-сэмэтэ төһө-хачча буолуой” диэн саныы олорбутум.
- Миэхэ тылла аҕалыҥ!… Мин тыл этэбин!…
Гавриил Ксенофонтович, сулбу ойон туран, бэрэсэдээтэллээччи остуолун диэки атыллаабыта. Салҕалас буолбут илиилэринэн остуол кытыытыгар тайаммыта. “Саралаан”. Кыайбыт-хоппут быһыынан ымаҥнаспыт араатардаары кырыыламмыкка дылы харахтарынан кынчарыйа көрбүтэ.
- Сиэххит суоҕа!…- эмискэ тоҕо барбыта.- Кулаковскайдаан сиэбит дьүһүннэрэ баар ээ!…
- Гавриил Ксенофонтович, уоскуй, – ити бэрэсэдээтэллээччи институт дириэктэрэ Евдокия Иннокентьевна Коркина, намырата сатаан, аргыый эппитэ.
- -Уоскуй. Холкутуй.
- Сааранымаҥ даҕаны: сиэххит суоҕа!… Сиэххит суоҕа!… Сиэххит суоҕа!…
Били “уһун соҕус, сиһилии” тыл этиитин өр сыллаах кыһыы-аба, эрэй-муҥ итиэннэ бигэ эрэл түмүллүбүт ити иккиэйэх тылга этэн, Гавриил Ксенофонтович хараҕа суох киһи курдук харбыалаһан тиийэн, олоппоһугар сууллан түспүтэ.
Москва тигиниир, ньиргийэр. Сааскы күн сардаҥатын түһэрэн, тула өттүм күлүмүрдүүр,чаҕылыйар. Мин үөрүүбэр хомолто кыттыспыта. Итинник “саралааччылар” төһөлөөх үгүс үтүө дьон үйэлэрин кылгаппыттара, саастарын сарбыйбыттара буолуой? Ону ол диэбэккэ, олох тохтоло суох дьурулуйан тигинии, ньиргийэ турар.