Доруобуйа күнэ

🌱 Оптуорунньук — Доруобуйа күнэ!

Бүгүн оскуолабытыгар уонна кулууптарбытыгар үгэс буолбут «Доруобуйа күнэ» олус сэргэхтик ааста. Оскуола оҕолоругар анаан уруоктар быыстарыгар хамсаныылаах, күүс-уох угар физмүнүүтэлэр ыытылыннылар. Ону тэҥэ, кулууп, библиотека үлэһиттэригэр аналлаах доруобай олох сиэрин хайдах тутуһар туһунан итэҕэтиилээх, интэриэһинэй сэһэргэһиилэр буоллулар. Доруобай буолуу — дьоллоох олох төрдө!